«Ийэбиниин сахалыы ааҕабыт» марафону саҕалаатыбыт

Бүгүн, кулун тутар 1 күнүгэр биһиги оскуолабыт 15 алын кылаас үөрэнээччилэрэ ийэлэриниин улустааҕы марафоҥҥа кыттыыны саҕалаатылар. Бу күнтэн саҕалаан 21 күн устата оҕо ийэтиниин сахалыы айымньы ааҕан, төрөөбүт тылын сайыннарарыгар, сахалыы өйдөөх-санаалаах дьон буолан тахсыахпыт диэн кыттабыт. Күндү ийэлэрбитигэр, саха тыла сайдарыгар суолта ууран кыттыыны ыларгытыгар махтанабыт.

Добавить комментарий

Ваш адрес электронной почты не будет опубликован.